Айыы Уола – Ханна да

  Em           C                 
Айылҕа чочуйбут оҕото буоламмын 
    Am           B7               
Бу орто дойдуга ыллаары кэлбитим, 
Кэрэни-үөрүүнү бэлэхтиир баҕаттан 
Бу ырыам тылларын эниэхэ аныыбын  
 
Хос ырыата: 
  Em                C                   
Ханна да, ханна да буолларбын ыллыаҕым, 
       Am             B7              
Мин тыыннаах тылларбын эниэхэ аныаҕым  
 
Ыллыаҕым ырыабар сүүрүктээх үрэҕи, 
Туойуоҕум тойукпар толомон хонууну, 
Урдүк таас хайаны,халыҥ тыа ойууру, 
Ханнык да дьыл кэмэр сүрэхтэн иэйэммин  
 
Бэлэхтиэм эниэхэ ып-ыраас тапталы, 
Сүрэхтэн кутуллар бу тыыннаах тыллары  
Бэлэхтиэм эниэхэ кырдьыгы хонуйан, 
Олоххо кэрэни,үтүөнү баҕаран  
https://youtube.com/watch?v=1hNUj37jHHk
Поделиться:
Айыы Уола – Ханна да аккорды, песня Айыы Уола – Ханна да исполнителя А текст и аккорды на Chordy.ru